Арассыыйа үтүөлээх, көрдөрүүлээх «Кэнчээри» оҕо ырыа-үҥкүү народнай ансаамбылын 50 сыла

Арассыыйа үтүөлээх, көрдөрүүлээх «Кэнчээри» оҕо ырыа-үнкүү народнай ансаамбылын 50 сылыгар аналлаах Бороҕоҥҥо ыам ыйын 28 күнүгэр Барыла тэрээһиннэр ыытылыннылар. «50 сыл устата искусство кэрэ эйгэтигэр» радиорепортаж, «Норуот уус уран айымньытыттан классикаҕа тиийэ»  документальнай киинэни устуу саҕаланна, «Кэрэҕэ кынаттаабыт оскуолам» Муру 2-с нүөмэрдээх орто оскуолатыгар көрсүһүү, «Кэнчээри» кэскиллээх тһулгэтэ» ансаамбыл төрүттээччилэрин кытта истиҥ көрсүһүү, «Кэрэҕэ кынаттыыр «Кэнчээри» аахсыйа, выпускниктар, улуус, Мүрү нэһилиэгин тэрилтэлэрэ, урбаанньыттара, олохтоохторо кыттыыны ыллылар уонна «Кэнчээри сулустаах суолунан» о5олор, выпускниктар, С.А. Зверев — Кыыл уола аатынан национальнай үнкүү тыйаатырын оркестра, СӨ үтүөлээх артыыстара Варвара Аманатова, Анастасия Готовцева, Акулина Акимова, Анатолий Бурнашев уо.д.а. артыыстар кыттыылаах  В.В. Никифоров — Күлүмнүүр аатынан Тойон Муру култура дыбарыаһыгар улахан кэнсиэр буолан ааста.