Кулун тутар 4 күнүгэр номнуо биир сыл иһигэр дьаныардаахтык, туруулаһан туран өрө күүрүүлэх түмүктүүр тэрээһиммит УЙГУ СИРЭ Уус Алдан Улахан түһүлгэтэ Арассыыйа норуотун айымньытын үтүөлээх кэллэктиибэ 50 сылыгар ананар «Кэрэҕэ кынаттыыр КЭНЧЭРИ» кэнсиэрэ үрдүк таһымҥа ааспытынан, долгуйан туран эҕэрдэлиибин.
Элбэх дьон кутун-сүрүн туппут, ырыаҕа ылланар Тойон Мүрү алаас талыы-талба ыччаттарын, салайааччыларын кытта бииргэ алтыспыппыттан, аныаха бастакы улахан наҕараадаларбын тутаммын бу КҮН мин саҕа дьоллоох киһи суоҕун крдук сананан олоробун. Улуус администрацията баһылык Алексей Васильевич Федотов, култуура управлениятын начальнига Иннокентий Иннокентьевич Аммосов, ордук чуолаан саха нарын-намчы кэрэ аҥара, үтүмэн элбэх боппуруоһу тэҥинэн быһаарар, сатабыллаах салайааччы, култуура управлениятын начальнигын солбуйааччы, Кэнчээри ансаамбыл выпускницата, старостата Лена Семеновна Павлова быһаччы көмөлөрүнэн бу тэрээһин ыытылынна.
Иккис төрөөбүт дойдум курдук күндүтүк саныыр Уус Алдан улууһун народнай Хоровой, Үҥкүү кэллэктииптэрин, ырыаһыттарын, баянистарын кытта өссө чугастык билсибиппиттэн, киэн тутта, махтана саныыбын. Кыра оҕо эрдэхпиттэн Кэнчээрилэр ыллыылларын, үҥкүүлүүллэрин күөх экранынан көрөн, Бороҕон ыччаттарыгар кыбыстыбакка эттэххэ ымсыыра улааппыт уол аны үрдүк үөрэхпэр үөрэнэ сылдьан Мүрү кэрэ кыысчаанын Сахаянаны көрсүбүт толору дьоллоохпун. Эбиитин Сахаянам Василий, Екатерина Парниковтар мааны кыыстара буолан биэрбитигэр соһуйан, үөрэн, дьоллонон турардаахпын. Ол күнтэн ыла Кэнчээрилиин куруук бииргэ алтыһан, кинилэр ситиһиилэринэн тэҥҥэ үөрэн кэллэҕим.
Бэҕэһээҥҥи үтүө түһүлгэ «ТАПТАЛ», «ИЛ-ЭЙЭ», “МАХТАЛ” бэлиэтин көрдөрөр кэнсиэрэ буолла. Манна тэрээһиммит сүрүн идеятын олоххо киллэриигэ бииргэ үлэлэспит доҕотторбор, Кэнчээри ансаамбыл выпускницатыгар, «Айыы кыһатын» гимназиятыгар театральнай куруһуогу тэрийбит Алина Герасимоваҕа, бэйэтэ туспа ураты көрүүлээх, импровизатор музыкант, ырыа айааччы, Олонхо тыйаатырын музыкана, звукооператора Айсен Кысылбаиковка ис сүрэхтэн махталбын биллэрэбин. Арааһа бары даҕаны бэлиэтии көрбүппүт буолуо, кэнсиэрбит тыаһа-ууһа, уота-күөһэ, экраннара, хоровой помостара барыта анаабыт курдук оҥоһуллан, таҥыллан таҕыстылар. Манна бэлиэтиэҕи баҕарыллар олус ытыктыыр убай табаарыспын Леонид Иванову – Лүҥкүрү кини үөрэнээччитин «Звук и Свет» хампаанньа звукоорежиссерун Ренат Максутовы. Лүҥкүр курдук улахан звукорежиссер кынатыгар олорсон кэнсиэрбит, оркестыр муусукатын, хордар ырыаларын туспа устан аны саҥа альбом тахсар дьоро күнүн күүтүөхпүт. Уоту-күөһү таҥааччы Александр Борисов дьэ кырдьык киһи дууһатын таарыйар дьикти иэйии атмосфератын оҥордо. Кэнсиэр усталаах туоратыгар прямой көрдөрүүлэри Гоша Гаврильев, биирдиилээн дьоннорбутун болҕомтоҕо ууран, көрөөччүгэ көрдөрдө. Сцена помостарын, көстүүтүн салайан оҥорбут аҕа табаарыспар Филипп Христофоровка улахан МАХТАЛ.
Кэнсиэрбит уратыта «ТЫЫННААХ МУУСУКА”, дьиҥнээх профессионаллар, бэйэлэрин идэлэрин толору баһылаабыт артыыстар доҕуһуолларынан барда. СӨ С.А.Зверев Кыыл Уола аатынан үҥкүү тыйаатырын саха национальнай аркыастырын музыканнарыгар, сүрүн дирижер Николай Петровка уонна Анюта Ивановаҕа айар үлэҕит куруук ситиһиилээх, быйыл аркыастыр 30 сыла дьоһуннаахтык ыытылларыгар баҕарабын. Баянистарбыт кырдьык Сахабыт сиригэр тарбахха баттанар, холобурга сылдьар дьон, ол курдук Дмитрий Готовцев, Иннокентий Готовцев, Станислав Луковцев уонна бары ытыктыыр учууталбыт, салайааччыбыт Василий Парников. Үһүөн Баһылай оскуолатын ааспыт, онно үлэлээбит, үлэлии сылдьар профессионал баянистар, музыканнар, аранжировщиктар, ырыа айааччылар буолаллар.
Бары үтүөнү кытта Егор Иванов «АЙАР КУТ» түмсүү салайааччыта. 05.03.2023 с.