Өбүгэлэрбит үйэлэртэн илдьэ кэлбит төрүт үгэһин, норуот уус-уран айымньытын сайыннарар, тарҕатар, эйгэни тэрийэр, саҥа холонооччуларга сүбэ-ама биэрэр, утумнааччылар баар буолалларын ситиһэр сыаллаах алтынньы 23 күнүгэр Найахы нэһилиэгэр, алтынньы 24 күнүгэр
Дүпсүн нэһилиэгэр «Аартыктарынан айан» проект кыттыылаахтара бэйэлэрин сатабылларын, билиилэрин-көрүүлэрин тиэртилэр, 12 араас хайысхаҕа үлэлээтилэр. Найахыга 247 киһи, Дүпсүҥҥэ 234 киһи оҕотуттан кырдьаҕаһыгар тиийэ араас көлүөнэ дьон сырытта!
Ол курдук :
— сахалыы бууктаах сон тигиитигэр- Дегтярёва Татьяна Гаврильевна, СӨ Уус уран оҥоһуктарга маастара, Уус Алдан улууһун норуотун маастара, Бороҕон.
-Кыбытыылаах тигиигэ- Атласова Мария Семёновна, СӨ норуотун маастара, Уус Алдан улууһун Бочуоттаах олохтооҕо, Бороҕон.
Мас уустара:
— Чороон оҥоруутугар- Нафанаилов Петр Сергеевич, Уус Алдан улууһун норуотун маастара, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Кэптэни.
— Ох саа оҥоруутугар Петров Семён Семёнович -СӨ уус уран оҥоһуктарга маастара, Майаҕас.
Тимир уустара:
-Быһах, анньыы оҥоруутугар —Попов Илларион Егорович, СӨ уус уран оҥоһуктарга маастара, Сыырдаах.
— Быһах, анньыы оҥоруутугар Шепелев Афанасий Афанасьевич— Уус- Алдан улууһун норуотун маастара, Сыырдаах.
— Уус Алдан олоҥхоһуттарын толорор үгэстэрэ уонна үөрүйэхтэрэ, Уус-Алданныы оһуохай хаамыыта- Сивцева Мария Захаровна, СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Уус Алдан улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Бороҕон.
-Оҕону олоҥхоҕо уһуйуу- Троева Вера Иннокентьевна, РФ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ үтүөлээх учуутала, «Учууталлар учууталлара», Баатаҕай.
— Оһуохайга- Алексеева Марфа Константиновна, СӨ үтүөлээх оһуохай этээччитэ, СӨ культуратын туйгуна, Бороҕон.
— Чабырҕахха, дэгэрэҥ ырыаҕа- Никитина Ньургуйаана Владимировна, улуус историятын үөрэтэр- музей сотруднига, Бороҕон.
— Ырыаҕа- Слепцова Айталы Анатольевна, В.В.Никифоров- Күлүмнүүр аатынан » Тойон Мүрү» культура киинин народнай хорун хормейстера, Бороҕон.
— Үҥкүүгэ- Ноговицына Ульяна Петровна— Россия үтүөлээх коллектива «Кэнчээри» оҕо ырыа- үҥкүү народнай коллективын балетмейстера, СӨ культуратын туйгуна, Бороҕон.
Методическай, практическай көмөҕө:
— Петухов Михаил Андреевич, культура управлениятын информационнай- методическай отделын кылаабынай специалиһа.
— Герасимова Матрёна Николаевна, культура управлениятын культурнай- маассабай тэрээһиннэргэ, норуот айымньытыгар отдел кылаабынай специалиһа.
— Федорова Анна Егоровна, культура управлениятын культурнай- маассабай тэрээһиннэргэ, норуот айымньытын отделын специалиһа.
Найахы, Дүпсүн нэһилиэгин олохтоохторо кэлэн бэйэлэрин билиилэрин, сатабылларын көрдөрбүт, кэпсээбит «Аартыктарынан айан» делегациятыгар барҕа махталларын тиэртилэр.
Өбүгэ саҕаттан илдьэ кэлбит төрүт үгэспитин, уус-уран баайбытын өссө үрдүк таһымҥа таһаарар туһугар улэлиэҕиҥ, хамсыаҕыҥ.
[meta_gallery_slider id=»3177″]